“Туймаада” Агрохолдинг АУо сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар биэс хаһаайыстыбалара от хампаанньатын кэмигэр саҕалаан балаҕан ыйын 9күнүнээҕи туругунан 6630 тн оту бэлэмнээбиттэр. Ол аата былааннарын 91 % толорбуттар. Ону таһынан 4784 тн сиилэһи укпуттар уонна 842 тн сенаһы бэлэмнээбиттэр.
Хаһаайыстыбалары биирдиилээн ылар буоллахха «Кладовая Олекмы» ХЭТ 723 тн оту оттоон былаанын 85,1 % толорбут. Онтон хампаанньа биир улахан хаһаайыстыбата «Туймаада» Экоферма ХЭТ 2150 тн оттоон былаанын 101,2 % толорбут. «Бөртө сылгы собуота» ХЭТ туруоруллубут соругун 89,1 % толорон билигин 2672 тн оттоммуттар. «Новай сопхуос» АУобилиҥҥитэ 165 тн оттоох. «Победа» ХЭТ бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 920 тн оттоох. Онон былаанын 91,1 % толорон иһэр.
Хаһаайыстыбалар бу күннэргэ сиилэс угуутугар күүскэ үлэлии сылдьаллар. Быйылгы сайын ханна да курааннаан үүнүү киһи баҕарбытын курдук буолбатаҕын үрдүнэн Өлүөхүмэлэр 1100 тн укпуттар. Оттон Туймаадалар көрдөрүүлэрэ сэмэй соҕус. 590 туонна сиилэстээхтэр. Бөртөлөр бу күннэрдээҕи чахчыларынан 1255 тн сиилэстээхтэр. Новай сопхуос быйылгы көрдөрүүлэрэ былырыыҥҥытааҕар балачча үрдүк. Ол курдук сопхуос билиҥҥитэ 1839 тн сиилэс уган олорор.
Итини сэргэ хаһаайыстыбалар сенаж бэлэмнээһинигэр билигин күүскэ ылсан үлэлии сылдьаллар. Билиҥҥи туругунан агрохолдинг үрдүнэн 842 тн сенаж бэлэмнэммит. Үлэ билигин да салҕанар. Төһө да күһүн ыктар хаһаайыстыбалар үлэһиттэрэбаар күүстэрин түмэн сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ эрчимнээхтик үлэлии сылдьаллар.
Прокопий Хабаров
Источник: Aartyk.ru