Быйыл Туймаада ыһыаҕа хаһан тэриллиэҕиттэн ыытылларын курдук киэҥ далааһыннаахтык, элбэх тэрээһиннэрдээх буолан ааста. Ол курдук өрүү буоларын курдук быйылгы ыһыахха олус эдбэх киһи ыалдьыттаата. Биир уратыта диэн быйылгы ыһыаҕы кытта тэҥҥэ «Азия оҕолоро» оонньуулар буола турар буолан э атын регионнартан, республикалартан оонньууларга кытта кэлбит оҕолор, ону тэҥэ элбэх ыалдьыт сылдьан бу тэрээһин далааһыннааҕые сөҕө-махтайа көрдүлэр Куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарга анаан сүүһүнэн культурнай программа бэлэмнэнэн бары дуоһуйа сынньаннылар. Бу программалар истэригэр «Кымыс – айыы Аһа» диэн сэттис төгүлүн кымысчыттар бэстибээл куонкурустара ыытыллан ураты миэстэни ылла уонна ыһыаҕы олус киэргэттэ.
Быйылгы бэстибээлгэ уотан тахса кыттааччы кэлбит. Бэстибээлгэ кыттар хаһаайыстыбалар истэригэр Хаҥаластан, Намтан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан, Горнайтан, Уус Алдантан уонна Дьокуускай куораттан бэйэтиттэн кэпэрэтииптэр, бааһынай хаһаайыстыбалар, кыттан бэстибээлгэ интэриэс улаатан иһэрин көрдөрөр.
Бэстибээли саҕаланыаҕыттан Дьокуускай куорат дьаһалтата, онтон салгыы хаһыс да сылын “Туймаада” Агрохолдинг тэрийэн ыытар. Бу тэрээһини киһи үөрүөн Благовещенскайтан «Амурагроцентр» компанията спонсордаан биһиги төрүт аспыт сөргүтүллэн сайдарын туһугар атын регионтан кэлэн көмөлөһөллөрө олус хайҕабыллаах. Манна бэйэбит хампаанньааларбыт кэлэр өттүгэр кыттыһан төрүт аһылыкпытын оҥоруу сайдыа диэн эрэбил баар.
Быйылгы бэстибээлгэ кимнээх кыайыы кынаттанан дойдуларыгар бардылар.
1 миэстэ - Хаҥалас улууһуттан «Улахан Алаас» - баһылык Лиханов М.П
2 миэстэ – “Тумарык” бааһынай хаһаайыстыба, Мэҥэ Хаҥалас – баһылык Васильев А.П.
3 миэстэ-«Бөртө сылгы собуота» ХЭТ – дириэктэр Павлов А.В.
Итини таһынан бэстибээлгэ биэс номинацияҕа хаһаайыстыбалар күрэхтэстилэр.
Кымыһы оҥоруу бастыҥ көрдөрөөччүтэ - «Кыһыл Кулаада» ИП ГКФХ– баһылык Варламов П.И.
Кымыс оҥоруу үгэстэрин тутуһуу – ИП КФХ «Федоров В.И.» Горнай улууһа, Бэс Күөл.
Быыстапка миэстэтин киэргэтии – “Эйгэ” КФХ – баһылык Васильев П.П. Дьокуускай.
Кымыс оҥорооччулар династиялара – ИП КФХ “Турантаева М.П.” Уус Алдан. Бээрийэ.
Кымыһы дэлэйдик оҥорон батарыы – СППК «Амма», Амма улууһа
Бэстибээлгэ элбэх ыалдьыт сырытта. Кинилэр истэригэр соҕурууттан элбэх учуонайдар, хампаанньалар салайааччылара уонна бэрэстэбиитэллэрэ ыалдьыттаатылар уонна араас кымыһы боруобалаан сыанабыл биэрдилэр. Онтон бэстибээл биир саамай муҥутуур чыпчаалынан Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Николаев А.С. кымысчыттар түһүлгэлэригэр сылдьан куонкурус кыттыылаахтарын үлэлэриҕэр, кыһалҕаларыҕар уонна бу хайысха сайдыытыгар, инники кэскилигэр суолта биэрэрэ көстөр. Манна өсө биири бэлиэтиэххэ наада бэстибээл аҥардас куонкурус эрэ быһыытынан барбата, манна төгүрк остуол, араас тэрээһиннэр ыытыллыбыттарын түмүгэр өрөспүүбүлүкэ кымысчыттарын үлэлэрин сайдыытыгар өссө биир хардыы оҥоһулунна. Дьэ онон бу бэстибээл тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар өссө биир көрүҥ, төрүт былыргы үгэспит кымыс оҥоруу сөргүтүллэн сайдарыгар кыахтары биэриэ диэн эрэнэ хаалабыт.