Өлүөхүмэ сирэ аҥаардас кэрэ көстүүлээх айылҕатынан, халлааҥҥа харбаспыт хойуу мутуктаах хара тыатынан, ол быыһыгар бүкпүт эгэлгэ араас кыыла-сүөлэ элбэҕинэн, таас хайалары хайа сүүрбүт сүүрүктээх үрэхтэринэн, күн уотугар күлүмүрдүүр күндү таастарынан эрэ биллэр буолбатах. Манна олохсуйан олорор үтүө-мааны дьонун-сэргэтин киэн туттуон туттар.
Манна бааллар: тимири хамнатар аатырбыт мэхэньисээтэрдэр, аарыма маһы үҥкүүлэтэр масчыттар, аатырбыт ыанньыксыттар, сүөһү көрөөччүлэр. Кинилэр истэригэр Мария Романовна Голомареваны ойуччу тутан бэлиэтиэм этэ.
Мария Романовна 1961 сыллаахха Өлүөхүмэ оройуонун Өлүөхүмэ сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Инньэ гынан Мария бу үтүөкэн дойду ыраас салгынын тыынан, күөх харыйа быыһынан сасыһа оонньоон, дойдутун туохха да биэрбэт, атастаспат киһи буола улааппыта. Оскуоланы 1978 сыллаахха бүтэрэн, “Өлүөхүмэ” сопхуос Каландаришвили отделениетыгар ыанньыксытынан үлэлии киирэр. Кыратыттан үлэҕэ миккиллибит буолан, үлэни кыайа тутан, эдэриттэн ситиһиилэнэн барбыта. 1982 сыллаахха биир фуражнай ынахтан 2745 л үүтү ыан, хаһаайыстыба, оройуон, өрөспүүбүлүкэ кыайыылааҕа буолан, ЫБСЛКС КК “Сүөһү иитиитигэр бастыҥ” бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 1984 сыллаахха биир фуражнай ынахтан 3085 л үүтү ыан өрөспүүбүлүкэҕэ ыанньыксыттарга бастыыр. Бу сырыыга ЫБСЛКС КК “XI пятилетка эдэр гвардееһа” 2-с истиэпэннээх бэлиэни туттараллар.
1993 сылтан Каландаришвили отделениетыгар техник-осеменаторынан ананар. Бу хайысхаҕа да Мария Романовна сүөһү үлэтигэр өр сыллаах уопута таайан, үлэни кыайа туппута. Сүөһүнү буоһатыы киэҥник тэнийэн барбыта. Бу хайысхаҕа Мария Романовна, бары күүһүн күүскэ ууран үлэлээн, эмиэ үрдүк ситиһиилэммитэ. Кэнники сылларга пиэрмэлэргэ сүөһү ахсаана эбиллэ турар. Буоһатыллыбыт ынах 90–100 бырыһыана ууланара ситиһиллибитэ. Оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар куонкурустарга кыттан Мария Романовна хас да төгүл кыайыылаах тахсыбыта. Ол курдук, техник-осеменатордар 2008, 2014 сылларга СӨ 17-с, 19-с куонкурустарыгар абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. Онтон 2014 сыллаахха Воронеж куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска бочуоттаах үһүс миэстэни ылар. Мария Романовна тэрилтэ, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын, оройуон Бочуотунай кырааматаларынан элбэхтэ бэлиэтэммитэ. 2010 сыллаахха “Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна” бэлиэнэн наҕараадаланар. Онтон 2019 сыллаахха «СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк аат иҥэриллэр.
Мария Романовна Голомарева тэрилтэ, нэһилиэк олоҕун бары хайысхатыгар көхтөөхтүк кыттар, билиитэ-көрүүтэ дириҥинэн эдэр үлэһиттэргэ үтүө холобур буолар. Төрөөбүт сопхуоһугар, онтон сопхуоһу солбуйбут тэрилтэҕэ сүөһү иитиитигэр үлэлээбитэ быйыл хайыы үйэ 46 сыла буола охсубут эбит. Үйэ аҥаарыгар арыыйда тиийбэт кэм. Санаан көрдөххө, бу устатыгар төһөлөөх үүт ыаммыта, төһөлөөх төрүөх ылыллыбыта буолуой?! Били этэллэринии, дойду үлэни кыайа тутар, бэриниилээх маннык үлэһит дьоҥҥо тирэҕирдэҕинэ эрэ, инники сайдыыта бигэ буолуо.
Источник: Kyym.ru