Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин салҕанан бара турар
МЕНЮ
Пресс-центр

Сайыҥҥы бүтэһик ый бүтэрэ олох чугаһаата. Күн кылгаан, хараҥа түүннэр үксээн, арҕааттан ыар былыттар халыйан кэлэн арыый сөрүүдүйэн  күһүн кэлэн иһэрэ биллэн иһэр. Ол да буоллар отчуттар былааннарын толороору ходуһаҕа хойукка диэри үлэлииллэр. «Туймаада» Агрохолдинг хаһаайыстыбаларыгар отчуттар сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ төһө да быйылгы сайын сорох сиринэн курааннаабытын үрдүнэн бары күүһү ууран туран үлэлии сылдьаллар. Бу тэрилтэ иһинэн  өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар биэс хаһаайыстыба сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Бу хаһаайыстыбалар сайын устата 7274 тн оту бэлэмниэхтээхтэр.

Хаһаайыстыбалары биирдиилээн ылар буоллахха атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи туругунан “Кладовая Олекмы” ХЭТ 660 тн оттоох. Былаанын 77,6 % толорбут. Былаан быһыытынан  850 тн оту бэлэмниэхтээх. Онтон “Туймаада Экоферма” ХЭТ 2124 тн оту бэлэмниэхтээх. Билиҥҥи туругунан 1820 тн оттоохтор. Ити былаан 85,7 %-на. Бу хаһаайыстыбалартан окко биир улахан былааннаах хаһаайыстыбанан “Бөртө сылгы собуота” ХЭТ буолар. Хаһаайыстыба отчуттара сайын устата 3000 тн оту бэлэмниэхтээхтэр. Отчуттар билиҥҥи туругунан куһаҕана суох көрдөрүүлээхтэр. Бэҕэһээҥҥи күн туругунан Бөртөлөр былааннарын 79,7 % толорон 2391 тн оту бэлэмнээбиттэр. Оттон “Новай совхоз”  хаһаайыстыбатыгар кыстыгы этэҥҥэ туоруурга 300 тн от былаан түһэриллибит. Новайдар билиҥҥитэ 144 тн оттоохтор. Тааттаҕа баар “Победа” ХЭТ былаана кырата суох. Ол курдук хаһаайыстыба отчуттара 1000 тн былааннаахтар. Отчуттар 700 тн оту  бэлэмнээн былааннарын 70 % толорбуттар.

Хаһаайыстыбалар сиилэс угуутугар бу күннэргэ күүскэ үлэлии сылдьаллар. Ол курдук “Кладовая Олекмы” ХЭТ-гэр 210 тн, Экофермаҕа 420 тн, “Бөртө сылгы собуота” ХЭТ-гэр 1255 тн уонна “Новай” сопхуоска 610 тн сиилэс угуллубут.

Бу күннэргэ хаһаайыстыбалар сыыйа-баайы сенаж бэлэмнээһинигэр киирэн эрэллэр. Бэҕэһээҥҥи туругунан Өлүөхүмэлэр 166 тн , Бөртөлөр  480 тн уонна Победалар 2,5 тн сенажтаахтар. Агрохолдинг үрдүнэн бары хаһаайыстыбалар холбоон 5715 тн от,ону тэҥэ 2495 тн сиилэс уонна 648,5 тн сенаж бэлэмнэммит. Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин салгыы бара турар. Отчуттар кинилэр иннилэригэр турар сорук суолтата улаханын өйдөөн туран билиҥҥи былдьаһыктаах күннэри тутуһан үлэ эрчимэ уҕараабат.

«Туймаада» Агрохолдинг

Источник: Aartyk.ru

ПОДЕЛИТЬСЯ СТАТЬЕЙ

Читайте также

Обратная связь

Свяжитесь с нами

+7 (4112) 35-72-65

+7 (914) 101-66-78

Задать вопрос