Ханнык баҕарар үлэ, оҥорон таһаарыы, буолан баран, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хаһаайыстыба оҥорон таһаарыыта, тирэх буолар үптээх, эргииргэ сылдьар харчылаах эрэ буоллаҕына, улаатар, сайдар кыахтаах. Холобур, сааскы-күһүҥҥү ыһыыны үлэтин ыытыы, от үлэтигэр бэлэмнэнии, эргэрбит эбийиэктэри сөргүтүү, саҥардыы бэйэтэ да татым үптээх-харчылаах тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, бааһынайдарга үгүс өттүгэр кыаллыбат эбэтэр олус уустуктук ситиһиллэр. Ону өйдөөн өрөспүүбүлүкэ салалтата эрдэттэн былааннаах үлэни ыытар. Олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүргэ тус сыаллаах бырагыраамаларынан тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын өйүүртэн саҕалаан, тыа сирин олохтоохторун олорор, үлэлиир, сынньанар усулуобуйаларын тупсарарга суоттаммыт дьаһаллары ылынар. Ол иһигэр кыра бырыһыаннаах, табыгастаах усулуобуйаҕа иэс, сойуом бэриллэр.
Өйдүүргүт буолуо, 2018 сыл муус устарыгар “Туймаада” ГУП ФАПК аахсыйалаахтар уопсастыбалара АУо буола уларыйбыта. АПК-ны өйүүр анал пуонда олохтоммута. “Туймаада” АУо үс суол тутаах хайысхаҕа ылсан үлэлиириттэн иккитэ быһаччы иэс, сойуом биэриитигэр сыһыаннаах. Ол курдук, уопастыба АПК тэрилтэлэригэр уонна ИЖС пуондатыттан тыа сиригэр кэтэх дьиэни туттааччыларга сойуом биэриинэн дьарыктанар. АПК-ны өйүүр Пуонда үбэ ханнык хайысхаларга ыытылларын Уопсастыба дириэктэрдэрин сэбиэтэ олохтоох Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сөбүлэһиннэрэн баран, хас сыл аайы бигэргэтэр.
Бүгүн биһиэхэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ, ИП КФХлар туохха сайыам үбүн ылар кыахтаахтарын уонна кэтэх дьиэни туттарга бэриллэр сайыам усулуобуйатын уонна онно туох докумуоннар ирдэнэллэрин туһунан “Туймаада” ҮАПК сойуомсуктары анаарар уонна мониторинныыр отделын начаалынньыгын солбуйааччы Станислав Романович Винокуров билиһиннэрдэ:
– “Туймаада” ҮАПК биэрэр сайыамын сыллааҕы бырыһыанын ыстаапката күн бүгүн – 5% . Cойуому уһаабыта 12 ыйга диэри төлөһөргө анаан ылыахха сөп. Оттон инбэстииссийэлээх сыалга уһаабыта 60 ыйга бэриллэр. Сойуом булгуччу анаммыт сыалыгар туттуллара ирдэнэр. Оттон ол сыал СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөпсөһүннэрэн баран, бигэргэнэр. Тэрилтэлэр туттарбыт сайаапкаларын көрүү болдьоҕо – докумуоннары толору туттарбыт күннэриттэн 1 ый буолар.
Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, КФХ-ларга бэриллэр сойуом
– Сойуом 7 араас хайысхаҕа бэриллэр. Туттуллар аналыттан көрөн, кирэдьиит бэриллэр болдьоҕо араастаһар:
1. АПК эйгэтигэр үлэлэһэр урбаан сайдыытыгар көмөлөһүү диэн хайысха баар. Онно:
– Сааскы-күһүҥҥү ыһыы үлэтигэр, ыһыыны страховкалатарга ылыахха сөп.
– Гранулалаах от бэлэмгэр.
2. АПК оҥорон таһаарыыга туттуллар эбийиэктэрин тутууга, сөргүтэн оҥорууга, тиэхиньикэ, тэрил атыылаһыыга бэриллэр иэс төлөнүөхтээх болдьоҕо уһаабыта 60 ыйга диэри буолуон сөп, онно киирсэр:
– Бурдук хаһаанар ыскылааты, от уурар сири туттуу.
– 120 уонна онтон элбэх сүөһү турарыгар сөптөөх сүөһү турар комплексын (ЖВК) тэриниини өйөөһүн, тупсаран оҥоруу.
– Сайылык тутуута.
– Бородууксуйа бэйэҕэ турар сыанатын түһэрэр сыаллаах көтөр иитэр фабрикалар эбийиэктэрин тупсаран оҥоруу.
– Таһаҕас тиэйэр уонна анал тиэхиньикэнин, тэрили атыылаһыы.
– Ыал универсальнай пиэрмэтин тэринэри уонна сайыннарары өйөөһүн.
– Бородууксуйа бэлэмин улаатыннарар инниттэн сибиинньэ иитэр комплекстар оҥорон таһаарар тутууларын тупсарыы (модернизация).
3. Астыыр-таҥастар оҥорон таһаарыыга технологическай модернизацияны ыытыы, оҥорон таһаарыыга саҥа технологияны, күүһү-кыаҕы (ресурсаны) харыстыыр быһаарыылары туһаныыга:
Тыа хаһаайыстыбатын уонна булт-балык бородууксуйатын астыыр-таҥастыыр эбийиэктэри тэринии, тупсаран, саҥардан биэрии.
– Идэһэ пууннарын, былаһааккаларын, тыа хаһаайыстыбатын бородуксуйатын астыыр эбийиэктэри тутуу, тупсаран оҥоруу уонна саҥардан биэрии.
– Эт, үүт, сир аһын бородууксуйатын, ууну ыраастыы, килиэп-буулка, кондитер оҥоһуктарын астыырга туттуллар тэриллэри атыылаһыы.
– Таба базатын материальнай-тэхиниичэскэй хааччыллыытын өйөөһүн.
4. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын батарыыны кэҥэтэри уонна тыа хаһаайыстыбатын ырыынагын сайыннарыыны өйөөһүн.
– Сүөһү-сылгы, көтөр аһын атыылаһыыга.
– КРС атыылаһыыга.
– Эт соҕотуопкатын өйүүргэ.
– Хортуоппуй, аһаҕас буорга үүнэр оҕуруот аһын, бурдук соҕотуопкатын тэрийиигэ.
– Балыгы бырамыысыланнай таһымҥа бултааһыны, балыгы астааһыны өйүүргэ.
5. СӨ тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрээссийэтин сайыннарыыны өйүүргэ.
6. “Дьокуускай агро-курдааһына” бырайыагы олоххо киллэрии.
– Сиэмэ уонна уоҕурдуу атыылаһыллыытыгар.
7. “СӨ АПК-тын бородууксуйатын экспорка таһаарыы” эрэгийиэн бырайыактарын олоххо киллэрии.
– Сир аһын соҕотуопкатын тэрийиигэ.
Сойуом бэриллибэт, өскөтүн...
– Сайаапкаласпыт тэрилтэ аайы иэс бэриллибэтэ өйдөнөр. Халтай санамматтарын курдук, сойуом чопчу ханнык түгэҥҥэ бэриллибэтин билиһинэрэриҥ буоллар.
– Бастатан туран, сайабылыанньалаһааччы юридическай сирэй эбэтэр КФХ быһыытынан 12 ыйтан уһун кэмҥэ официальнайдык регистрацияланан үлэлээбит буолуохтаах. “Туймаада” АУо-ҕа төлөһүүлэрин уһаппыт эбэтэр төлөммөтөх иэстээх түгэннэригэр, тута туорууллар. Ону таһынан бүддьүөккэ уонна бүддьүөт таһынааҕы пуондаларга иэстэрин төлөһүүнү хойутаппыттарга, үлэһиттэрин хамнаһыгар иэстээхтэргэ эмиэ бэриллибэт. Сойуом ыларга ирдэнэр докумуоннарын итэҕэс-быһаҕас туттардахтарына, эмиэ туоруурга тиийэллэр. Сууттанан буруйдарын боруостуу иликтэр; моҥкурууттуур турукка сылдьааччылар уонна (эбэтэр) моҥкуруут боппуруоһугар суукка быһаарса сылдьааччылар; кэнэҕэһин сатаан төлөспөт буолуохтарын быһыытынан, улахан иэстээхтэр да киирсибэттэр. Ону таһынан үптэрин туруга иэс ыларга сөбө суох; иэһин төлөспөт түгэнигэр ону төлөһөргө туттуон сөптөөх баайа-дуола суох буоллаҕына (отсутствие обеспечения); сойуомсук уонна (эбэтэр) киниэхэ ыкса сибээстээх (аффилированнай) сирэй туһунан бөрүкүтэ суох (негативнай) иһитиннэрии баар уонна ол түмүгэр иэһин төннөрүө суох курдук уонна сыалыттан атын сыалга туһаныан сөптөөх буоллаҕына; суут уурааҕын толоро сылдьар уонна (эбэтэр) бааҥҥа счёта тутуллубут эбэтэр “тоҥоруллубут” түгэнигэр кыайан киирсибэттэр.
Солуок уонна мэктиэһит ирдэнэр
– Сойуом ылааччы иэс ыларыгар хайаан да бэйэтин бас билиитигэр эбэтэр үһүс сирэйгэ сылдьар ликвиднэй баайын-дуолун солуок быһыытынан суруйтарар, ону таһынан мэктиэһиттээх (поручительство) буолуохтаах.
Сайаапканы көрүү бэрээдэгэ
– Сойуомсук тэрилтэтин үпкэ-хаһаайыстыбаннай үлэтин-хамнаһын туругун уонна иэһин төлүүр эбэһээтилистибэтин төһө толорор кыахтааҕын анаалыстаан, ырытан көрөр кыаҕы биэрэр, иэс ылааччыттан ирдэнэр докумуоннары толору туттарыахтаах.
– Сайаапкаласпыт килийиэн үпкэ туругун, балаһыанньатын уонна төлөспөт түгэнигэр онтун толуйар туох баайдааҕын үөрэтэн көрүүнэн анал хамыыһыйа дьарыктанар, ол кэнниттэн сойуому биэрэр биитэр аккаастыыр туһунан быһаарыы ылыллар.
Кэтэх дьиэни туттарга бэриллэр иэс
– СӨ Бырабыыталыстыбатын 2021 с. балаҕан ыйын 15 к. 345 №дээх уурааҕынан бигэргэммит “2020-2024 сс. хаачыстыбалаах олорор дьиэнэн хааччыйыы уонна дьиэ-уот хомунаалынай өҥө хаачыстыбатын үрдэтии” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бырагырааматын туһунан” бырагыраама иһинэн “Гражданнары сөбүгэр сыаналаах уонна олорорго табыгастаах олорор дьиэнэн хааччыйыы” диэн хос бырагыраама үлэлиир. Ону олоххо киллэриигэ көмөлөһөр тыа сирин олохтоохторо олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар, кэтэх дьиэни тутталларыгар анаан бэриллэр сайыам баар.
Бу туһунан Станислав Романович:
– Кэтэх дьиэни туттарыгар сойуом ылани туһаныан баҕалаах гражданин хайаан да ИЖС-ка анаммыт сир учаастактаах, докумуоннарын олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар туттарар кэмигэр Саха сиригэр 15 сылтан итэҕэһэ суох кэмҥэ олорбут буолуохтаах. Оччотугар кини сайабылыанньа суруйан, олорор сирин (куорат уокуругун) дьаһалтатыгар сайабылыанньа суруйан туттарыан сөп. “Туймаада” АУо бу маннык сайаапкалары хайаан да муниципальнай оройуоннар баһылыктара сойуому биэрэргэ диэн таһаарбыт дьаһалларыгар (ИЖС бырагырааматынан дьиэ туттааччылар бигэргэммит испииһэктэригэр) олоҕуран, көрөр.
– Итинник иэс сыллааҕы бырыһыана төһө буоларый? Уһаабыта хас сылга ылыахха сөбүй?
– ИЖС пуондатын үбүттэн туһаныы төлөбүрүн сыллааҕы бырыһыана – 5, оттон Арктика уонна Хоту улуустарга дьиэ туттааччыларга – 2 бырыһыан. – Иэс төлөнүөхтээх кэмэ – 10 сылга диэри. Онуоха иэс ылааччы сойуомун 65 сааһыгар диэри төлөһөн бүтүөхтээҕэ ирдэнэр. Сайаапканы көрүү болдьоҕо – докумуоннары туттарбыт күнтэн 1 ый иһинэн буолар.
– Туох докумуон ирдэнэрий?
– 9 формалаах дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка.
– Дьиэ кэргэн бары чилиэннэрэ ким буолалларын кэрэһилиир докумуоннар куопуйалара.
– Ыал буолуу, арахсыы туһунан сибидиэтэлистибэ куопуйата.
– Дьиэ кэргэн чилиэннэрин ИНН-нарын олоҕурбут бэрээдэгинэн бигэргэммит куопуйата.
– Кэтэх олорор дьиэ бырайыага, тутаах параметрдара, уопсай иэнэ ыйыллар.
– Сир учаастагар быраабын кэрэһилиир докумуон куоппуйата.
– Кэнники сыллааҕы дохуоту бигэргэтэр ыспыраапка.
– Тутуу ыытылларыгар бэриллэр көҥүл.
– Кирэдьиит устуоруйатын бүрүөтүттэн сайаапкалаһааччы кирэдьииккэ устуоруйатын туһунан иһитиннэриилээх кирэдьиит дьыалата.
– Сойуом ыларга мэктиэһит (поручитель) буолар киһи кэнники сыллааҕы дохуотун кэрэһилиир ыспыраапка.
Олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыы
– Саҥа дьиэни туттарга эрэ буолбакка, бэлиэр баар дьиэни хааччыллыылаах оҥоруу, тупсарыы, быһата, олоруу усулуобуйатын тупсарыыга (благоустройство) эмиэ сайыам ылан туһаныахха сөп диэтиҥ. Итиннэ чопчу туох үлэ киирэрий?
– Кэтэх дьиэҕи гааһы киллэттэрии уонна/эбэтэр гаас оборудованиетын ылыы.
– Итии/тымныы уу ситимигэр холботуу.
– Түннүктэри уларытыы.
– Дьиэ хоруобуйатын уларытыы (кровля).
– Дьиэни сылаас гына оҥоруу.
– Дьиэни толору хааччыллыылаах гыныы, о.и. сантехника холбонуута.
Бу хайсхаҕа кирэдьиит уһаабыта 5 сылга диэри болдьохтоон бэриллэр. Сыллааҕы бырыһыана 5-тэн кырата суох буолар, оттон кирэдьиит кээмэйэ муҥутаан элбээбитэ 500 тыһ. солк. диэри.
* * *
Олохтоох ас-үөл бэлэмин улаатыннарыы, нэһилиэнньэни хаачыстыбалаах, сөбүгэр сыаналаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыы -- судаарыстыба биир тыын суолталаах хайысхата, соруга.
Өрөспүүбүлүкэҕэ АПК салаатыгар туох үлэ барыахтааҕа, тыа хаһаайыстыбатын салаалара хайдах көрдөрүүнү ситиһиэхтээхтэрэ, аска-үөлгэ наадыйыы, кырата, хас бырыһыанын бэйэбит хааччыныах тустаахпытын Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл ахсынньы 11 күнүнээҕи 232 №-дээх “СӨ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тутаах хайысхаларын туһунан” уурааҕынан бигэргэммитэ. Бу тыын суолталаах соругу олоххо киллэрэргэ сайыам биэриитэ тирэх буолар.
Аны, ас бастыҥын, үтүөтүн бэлэмниир тыа сирин олохтоохторо олорор, үлэлиир усулуобуйалара куорат сиртэн итэҕэһэ суох буолуохтаах. Ол да иһин араас суол көмө ньымалар торумнаналлар, о.и. сайыам биэриитэ.
Оттон судаарыстыбаннай уонна муниципальнай көмө хас биирдии солкуобайа туһаҕа, көдьүүскэ туруохтааҕын бары да истэн билэбит. Иккиһинэн, ылыллыбыт иэс хайаан да кэмигэр төлөнүөхтээх. Оччотугар пуонда үбүттэн көмө ылан, дьиэтин-уотун оҥостооччу, саҥа дьиэҕэ көһөөччү сыллата эбиллэн иһиэхтээх. Бэртээхэй буолбаат? Онон бэйэ эрэ иннин көрүммэккэ, төлөһөр кэмҥэ төлөһөн, атыттар эмиэ туһаналларын курдук, бүттүүн тутуспутунан олохпут тупсарыгар кыһаныаҕыҥ.
Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА.