“Туймаада” Агрохолдинг хаһаайыстыбалара быйылгы ыһыы хампаанньатыгар тэрээһиннээхтик бэлэмнэн сылдьаллар. Ол курдук агрохолдинг үрдүнэн 3392.1 га сиргэ ыһыы ыытыллыахтаах. Ити ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ 386 гектарынан элбэх.
Биирдиилээн хаһаайыстыбаларынан ыллахха:
«Кладовая Олекмы» ХЭТ быйылгы сылга 755 га сиргэ ыһыы ыытыахтаах. Былаан быһыытынан 850 тн от бэлэмниэхтээх. Итини таһынан 2000 тн сиилэс уонна 1450 тн сенаж бэлэмнэнэрэ былааннанар. Билиҥҥитэ 250 гектар бааһынаҕа хаар типтэрбиттэр. Былаан 335 гектарга хаар типтэриллиэхтээх.
Агрохолдинг биир улахан хаһаайыстыбата“Туймаада Экоферма” ХЭТ икки отделениенан турар. Ол курдук тэрилтэ Нөмүгүтээҕи отделениетыгар 830 гектарга , онтон Дьокуускайдааҕы салаатыгар 292,5 гектарга ыһыы ыытыллара былааннанар. Ол былырыыҥҥы иэнтэн 352 гектарынан киэҥ сиргэ ыһыы ыытыллыахтаах. Бу хаһаайыстыба быйыл 2340 тн оту, 4400 тн сиилэһи уонна 420 тн сенаһы бэлэмниир былааннаах. Билиҥҥитэ 892 га бааһынаҕа хаар типтэрэр былааннааҕыттан 710 гектарга хаар типтэрбиттэр.
Онтон «Бөртө сылгы собуота»хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэҕэ 750 га сиргэ ыһыы ыытыллара былааннанар. Бу хаһаайыстыбаҕа сылын аайы элбэх от оттонор. Быйыл да от былаана улахан. Ол курдук хаһаайыстыба 3000 тн от оттуур былааннаах. Итини таһынан 1900 тн сиилэс, 1175 тн сенаж бэлэмниэхтээх.
«Новай сопхуос» акционернай уопсастыба быйылгы сылга бааһынатын иэнин кэҥэтэн 414 гектарга тириэрдиэхтээх. Бу сылга тэрилтэ 300 тн от, 1750 тн сиилэс уонна 460 тн сенаж бэлэмниир соруктаах. Билиҥҥи туругунан былааннаммыт 200 гектарга хаар типтэрэн олорор.
Таатта улууһугар баар «Победа» ХЭТ ыһыы иэнин эмиэ кэҥэтэр соруктаах. Ол курдук быйыл 350 гектар иэннээх бааһынаҕа ыһыы ыытыллыахтаах.Быйыл 1000 тн от, 400 тн сиилэс, 375 тн сенаж бэлэмниир сорук турар.
Бу сааскы хампаанньаны толору ыытарга 412.8 тн сиэмэ,247 тн минеральнай удобрение аҕалыллыахтаах. Онтон хаһаайыстыбалар сүрүннээн эбиэс, подсолнечник, судан ото, кукуруза ыһар былааннаахтар. Ону тэҥэ элбэх сыллаах кострец диэн оту, олохтоох селекциянан таһаарыллыбыт травосмесь эмиэ ыһыллыаҕа.
Бааһыналары күрүөлээһин быйыл эмиэ ыытыллыаҕа. Ол курдук агрохолдинг хаһаайыстыбаларыгар уопсайа 29 км күрүө тутуллуохтаах.
Техниканы саҥардыы салҕанан барар. Быйыл кыалыннаҕына 18 техника араас көрүҥэ атыылаһыллыахтаах. Күүстээх К-742 тыраахтыр, Беларусь тыраахтырдар, сеялкалар, минеральнай удобрениены ыһар уонна соһуллар техника ылыллара былааннанар.
Агрохолдинг бааһыналары чөлүгэр түһэрии үлэтин сылын аайы ыытан кэллэ. Быйылгы сылга уопсайа 436 га бааһына чөлүгэр түһэриллиэхтээх уонна 244 га оттуур сир тупсарыллара былааннанар.
Онон агрохолдинг хаһаайыстыбаларыгар туруоруллубут сорук кырата суох.Билиҥҥитэ хаһаайыстыбалар бэлэмнэнии үлэтин кыра кыралаан саҕалаан эрэллэр. Сиэмэ, удобрение атыылаһыытыгар кэпсэтиилэр бара тураллар. Техниканы өрөмүөннээһин халлаан сылыйда да саҕаланыаҕа. Үлэһиттэр бу соругу толорорго бэлэмнэр.
Прокопий Хабаров